Перейти к содержимому
КЭНТИКСКАЯ СЕЛЬСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ БИБЛИОТЕКА
Версия сайта для слабовидящих
Vk
Youtube
Вход в ЛК
Search
Search
Афиша
Библиотека
Ресурсы
Проекты
Видео
Контакты
Новости
Menu
Афиша
Библиотека
Ресурсы
Проекты
Видео
Контакты
Новости
Кэнтик нэһилиэгин ыалларыгар баһаартан сэрэхтээх буолууга дымовой извещатель туруордулар
2 марта, 2022
Кэнтикпит нэһилиэгин депутаттарын Сэбиэтин олунньу ый 11 күнүнээҕи №03-02 нүөмэрдээх быһаарыытынан, Кэнтик нэһилиэгэр 199 дьон олорор дьиэтэ баарыттан, 100 дьиэтигэр, ол эбэтэр 1995 сылга диэри тутуллубут дьиэлэргэ уоттан, баһаартан сэрэхтээх буолууга анаан 210 устуука автономнай дымовой извещатель ИП 212-06 АРТОН-ИПД-3.4М ыллыбыт.
Муниципальнай баһаартан быыһыыр сулууспа үлэһиттэрэ өйдөтүү, сэрэтии үлэтин ыытан туран, ыйыллыбыт дьиэлэргэ, анал миэстэлэргэ туруоран биэрэллэригэр быһаардылар.
Түгэнинэн туһанан, Кэнтикпит нэһилиэгин депутаттарыгар, нэһилиэк олохтоохторун баһаартан харыстыыр-көмүскүүр сөптөөх дьаһалы ылбыттарыгар УРУЙ – АЙХАЛ! Барыта этэҥҥэ буоллун!!!
X