Бүгүн, ыам ыйын 17 күнүгэр Кэнтик нэһилиэгэр Саха сиригэр Пионерия төрүттэммитэ 100 сылын көрсө “Бэлэм буол!” тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыыттылынна. Тэрээһиҥҥэ араас сылларга пионер баһаатайынан үлэлээбит Павел Павлович Павлов урукку кэмҥэ үлэлээбит пионер баһаатайдарыгар үбүлүөйдээх мэтээллэри туттартаата.
Аалай кыһыл хаалтыс, дохсун тыастаах барабаан, сборга ыҥырар горн, пионерскай ырыалар, речевка, девиз, араас стенгазеталар сэбиэскэй кэмнэри санаттылар. Тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттар үс этэрээккэ арахсан толкуйдатар, сыыдамнык туттар-хаптар оонньууларга кыттан бириэмэни билбэккэ аһардылар. “Аалай кыһыл хаалтыс” кинигэлэр, альбомнар, араас мал быыстапкаларын кэлбит ыалдьыттар сэргээн көрдүлэр. Бу ыытыллыбыт тэрээһинтэн оҕолор пионер туһунан элбэҕи көрдүлэр, биллилэр.
Кыттыбыт “Сиибиктэ” түмсүү, “Сайыына” оҕо уһуйаана, Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик орто оскуолатын коллективыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.