КЭНТИКСКАЯ СЕЛЬСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ БИБЛИОТЕКА

ДАПСЫ ДЬЫКТААНА

Кэнтик нэһилиэгэр бүгүн сэтинньи 6 күнүгэр «БИҺИРЭМ ТЫЛ» күнүнэн бэлиэтэнэр.  Лиҥкибиис – учуонай, тыл билимин хандьытаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.П.Алексеев – Дапсы аатын уонна үөрэҕин тарҕатыы.  “Дапсы дьыктаана” аахсыйаҕа нэһилиэк олохтоохторо уонна үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Дьыктаан сыала-соруга ийэ тыл тутуллар эйгэтин кэҥэтии, төрөөбүт тылбытын өрө тутуу, ыччаты төрөөбүт тылы харыстыырга угуйуу.  Дьыктааҥҥа уопсайа 12 киһи кыттыыны ылла, суруйда 8 үрдүкү кылаас оҕолоро уонна 2 төрөппүт. 
“Дапсы дьыктаана” аахсыйаҕа кыттыыны ылбыт дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит!